




























Ахсынньы 31 күнүгэр Саҥа дьылы көрсө нэһилиэкпитигэр «Алыптаах саҥа дьыл» диэн саҥа дьыллааҕы киэһэбит буолан ааста. Сыл түмүгүнэн түөлбэбит салайааччыларыгар махтал сурук уонна харчынан бириэмийэ туттарылынна. Түөлбэ олохтоохторо бары биир сомоҕо буолан, барыга бары кыттыыны ылаллар.Ону таһынан араас оонньуулар оонньоннулар, ахтыбыыстарбытыгар сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар.
Үүммүт 2025 сыл моҕой сыла бука бары бар дьоммутугар туох баар үтүөнү, кэрэни, кытаанах доруобуйаны эрэ аҕаллын! Санаабыт санааҕыт туола турдун, Дьолу соргуну баҕарабыт!!!

