МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САНДАЛЫ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ НАСЛЕГ"

А5ам саастаахтар күннэрэ.


Бүгүн Алтынньы 3 күнүгэр Аҕам саастаах дьоммутугар аналлаах тэрээһин буолан ааста. Ол курдук бастаан «Тыҥааһыннаах күрэхтэр» диэн Дартс быраҕыытыгар, «Далаһа» остуол оонньуутагар уонна түү мээчиги быраҕыыга биирдиилээн күрэхтэр буоллулар. Тыҥааһыннаах күрэх кэннэ бастакы миэстэни ылла Николай Ларионов, иккис миэстэ Саргылаана Сивцева, үһүс миэстэни ылары ситистэ Наталья Горохова. Ыллам ырыалар ылланылар, таабырыннары, өс хоһооннору таайдылар, эдэр саастарын санаан үҥкүүлэрэ ыллылар, дэлэй астаах остуол тула олорон итии үүттээх чэй иһэ-иһэ сэһэргэһэн, бэйэ-бэйэлэригэр эҕэрдэ тыл бэлэхтэһэн астынан тарҕастылар. Аҕам саастаах дьоммутугар тапталбыт, убаастабылбыт, махталбыт муҥура суох. Доруобуйаны, дьоллоох олоҕу, өрүү-үөрэ көтө сылдьын диэн баҕа санаабытын аныыбыт.