МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САНДАЛЫ" СЕЛЬСКОГО ПОСЕЛЕНИЯ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Записи в рубрике Uncategorized

Аҕам саастаах «Кэхтибэт талааннар» бэстибээллэрэ.

Бүгүн алтынньы 29 күнүгэр «КЭХТИБЭТ ТАЛААННАР» Уус — Алдан улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэттэрин икки ардыларыгар ыытыллар уус — уран самодеятельность бэстибээлигэр Чэриктэй нэһилиэгин бэтэрээннэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Көрүү сүрүн уратытынан буолла — 60-тан үөһэ саастаах бэтэрээннэри таһаарыы.Аҕам саастаах бэтэрээннэр бэйэлэрин эдэр саастарын, үлэлээбит төлөннөөх сылларын санаан, урукку кэмнээҕи комсомольскай ырыалар ылланнылар,үҥкүү да үҥкүүлэннэ,хоһоон да этилиннэ.Бука бары… (читать далее)

Ийэ күнэ 2026

Алтынньы ый сылаас бырааһынньыгынан — Ийэ күнүнэн — нэһилиэкпитигэр ураты ис хоһоонноох кэнсиэр буолан ааста. Оскуолабыт оҕолоро уонна нэһилиэк кыттыгастаах тэрээһинэ ыытылынна.Бырааһынньык устата сыанаттан саамай истиҥ, мааны тыллар уонна эҕэрдэлэр ийэлэрбитигэр, эбээлэрбитигэр ананан этилиннилэр. Оҕолор уонна улахан дьон убаастабылы, тапталы көрдөрөр ырыаларынан, үҥкүүлэринэн киэргэттилэр.Кэнсиэр хас биирдии нүөмэрэ көрөөччүлэргэ сылаас мичээри, үөрүүнү уонна уйадытыылаах түгэннэри бэлэхтээтэ… (читать далее)

Аҕам саастаахтар декаадаларын түмүктүүр тэрээһин.

Бүгүн, алтынньы 10 күнүгэр Чэриктэй нэһилиэгэр аҕам саастаахтар декадаларын түмүктүүр тэрээһин ыытылынна .Ол курдук,нэһилиэкпит баһылыга Ф.А.Карманов аҕам саастаахтары кэлэн эҕэрдэлээтэ,үбүлүөйдээх, өр сылларга оҕо иитиитигэр 35 сыл бэриниилээхтик үлэлээбит Саргылана Михайловна Сивцева5а «Трудовая доблесть» бэлиэни үөрүүлээх быһыыга -майгыга туттарда.Аҕам саастаахтарбыт ураты амтаннаах ас көрүҥнэрин,сөбүлүүр бүлүүдэлэрин астаан аҕалан куонкурска кытыннылар.Ырыа-тойук ылланна, оонньуу арааһа оонньоонно,ырыаһыт уолаттар кэлэн ырыанан… (читать далее)

М.Е.Иванова «Дойдуга ытык иэс» кинигэтин сүрэхтэниитэ.

Алтынньы 9 күнүгэр Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха Сиригэр култуура, Уус-Алдан улууһугар түмсүүлээх буолуу уонна бииргэ үлэлээһин сылларынан, ону таһынан Уус-Алдантан төрүттээх Саха Сирин сүдү киһитэ Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр 160 сылынан, Саха Сирин бочуоттаах бэтэрээнэ, Чэриктэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, оҕону үөрэтиигэ 40 сыл кылаатын киллэрбит, автор Мария Егоровна Иванова “Дойдуга ытык иэс” диэн бар… (читать далее)

«Доруобуйа суола» диэн сибиэһэй салгыҥҥа хаамыы

Бүгүн аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн,«Доруобуйа суола» диэн сибиэһэй салгыҥҥа хаамыы кэмигэр айылҕаны, Эбэни сиэрин-туомун тутуһан аһатан, «Сандалы», уостан түспэт ырыаларын ыллаан сэргэхсийэн кэллибит. Хаамыы — бу уһун үйэлээх буолуу, күүс-уох уонна үтүө санаа туоһута. Тэрээһиҥҥэ кыттыспыт аҕам саастаахтартарбытыгар барҕа махтал тылларын этэбит.Эһиэхэ баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, уһун уонна дьоллоох олоҕу! Куруутун маннык эрчимнээх, сэргэх, уонна олоххо… (читать далее)

«Үһүс саас оскуолата» алтан чуораанын тыаһатан үлэтин саҕалаата.

Үһүс саас оскуолата (Школа третьего возраста) үлэтин саҕалаата .Бу аҕам саастаах дьоҥҥо олоххо көхтөөх буолалларыгар, саҥа билиини ылалларыгар уонна бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһалларыгар туһуламмыт олус үтүө уонна суолталаах түмсүү.Үһүс саас оскуолата анал байыаннай дьайыы (СВО) саҕаланыаҕыттан күүстээх көмөнү оҥороллор, ол иһигэр байыастарга анаан араас таҥас-сап уонна маскировка хаххаларын тигэллэр.Бу оҥоһуллубут таҥастар уонна гуманитарнай көмө «Якутия с… (читать далее)

Алгыстаах сэһэргэһии «Эбээ, эһээ сүбэлэрэ»

Чэриктэй нэһилиэгэр бүгүн Аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн «Эбээ, эһээ сүбэлэрэ» диэн олус ураты уонна истиҥ тэрээһин ыытылынна.Бу күн нэһилиэк аҕам саастаахтар ,Иванова М.Е.,Румянцев В.А.уонна Свешников И.В. бэйэлэрин баай уопуттарын, мындыр өйдөрүн-санааларын уонна өбүгэ үгэстэрин кэлэр көлүөнэ ыччакка сырдаттылар. Декада хаамыытынан ыытыллар буолан, кэрэ-бэлиэ көрсүһүү өссө да ураты суолталанна.Аҕам саастаахтарбыт оҕолору кытта дуобаттаатылар,сүбэлэрин биэрдилэр.Бүгүҥҥү алгыстаах сэһэргэһиибит… (читать далее)

Учуутал күнэ

Учуутал — оҕолорго араас билиини тиэрдэр, дьоҕурдарын сайыннарар, сиэрдээх, чиэһинэй, үтүө санаалаах киһи буола улааталларыгар көмөлөһөр, өй-санаа өттүнэн тирэх буолар. Оҕолор инники суолларын талалларыгар, баҕа санааларын толороллоругар ыйар-кэрдэр, оҕолорго бэйэлэригэр эрэли, дьулууру үөскэтэр, хас биирдии оҕоҕо талааннарын сайыннарар, дойдубут сайдыытыгар кылаатын киллэрэр дьоһун киһини иитэн таһаарар — күндү Учуутал !!!Оскуолабытыгар алтынньы 2 күнүгэр оскуола үөрэнээччилэрэ… (читать далее)

Уус-Алдан улууһун дьоруойдарын күнэ.

Бүгүн,о.э балаҕан ыйын 25 күнүгэр Уус -Алдан улууһун Дьоруойдарын күнэ . Чэриктэй нэһилиэгэр Уус Алдан киэн туттар Дьоруойдарын сырдык ааттарыгар дириҥ махталы уонна ытыктабылы бэлиэтиир уот уматан, сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.Эйэлээх олох иһин олохторун толук уурбут уонна сыралаах үлэлэрин анаабыт улуу дьоннорбут ааттара өрүү умнуллубат! Кинилэр хорсун быһыылара уонна үтүө ааттара үйэлэргэ уостубат уот буолан сүрэхпитигэр… (читать далее)

Көмүс күһүн -2026

Бүгүн, о.э.бала5ан ыйын 23 күнүгэр нэһилиэкпитигэр «Көмүс күһүн» тэрээһин бэт сэргэхтик ыытылынна. Олохтоохтор сайыны быһа бүөбэйдээн үүннэрбит оҕуруоттарын аһын «Ураты улахан үүнүү » күрэххэ аҕалан кытыннылар. Ол түмүгүнэн, «Саамай улахан кабачок» кыайыылааҕа Агафья Горохова, «Саамай улахан сүбүөкүлэ» кыайыылааҕа Семён Сивцев, «Саамай улахан моркуоп» кыайыылааҕа Любомира Дмитриева, «Саамай улахан хортуоппуй» кыайыылааҕа Мария Босикова. Ону тэҥэ «Күһүҥҥү… (читать далее)