«Ура,каникулы!»
Бүгүн тохсунньу 4 күнүгэр оскуола оҕолоругар аналлаах»Ура каникулы» диэн үҥкүү-оонньуу биэчэрэ буолан ааста. Оҕолор көрдөөх оонньууларга оонньоон, үҥкүүлээн бириис арааһын ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Бүгүн тохсунньу 4 күнүгэр оскуола оҕолоругар аналлаах»Ура каникулы» диэн үҥкүү-оонньуу биэчэрэ буолан ааста. Оҕолор көрдөөх оонньууларга оонньоон, үҥкүүлээн бириис арааһын ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Ахсынньы 31 күнүгэр Сана дьылы көрсө нэһилиэкпитигэр «Саҥа дьыл киэһээтэ» диэн саҥа дьыллааҕы киэһэбит буолан ааста. Сыл түмүгүнэн түөлбэбит салайааччыларыгар махтал сурук уонна бириис туттарылынна. Түөлбэ олохтоохторо бары биир сомоҕо буолан, барыга бары кыттыыны ылаллар. Ону таһынан араас оонньуулар оонньоннулар, ахтыбыыстарбытыгар сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар.Үүммүт 2026 сыл уоттаах Ат сыла бука бары бар дьоммутугар туох баар… (читать далее)
Бүгүн, ахсынньы 1 күнүгэр «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар бэстибээл»чэрчитинэн үгэскэ кубулуйбут харыйа уота Чэриктэй нэһилиэгэр умайда. Саҥа Дьыл кэлиитин оҕо аймах үөрэ көрүстэ. Оҕоҕо Саҥа Дьыл ордук кэтэһиилээх, алыптаах буолар. Нэһилиэкпит харыйатын уотун Тымныы оҕонньор сиэнэ кыыһынаан, Куобахчаан уонна Бирээнньик кэлэн уматтылар, оонньоттулар. Нэһилиэкпит баһылыга Федор Альбертович Карманов кэлэн иһэр Саҥа Дьылынан эҕэрдэлээтэ. Тымныы оҕонньор… (читать далее)
Бүгүн сэтинньи 28 күнүгэр «Арчы» балаҕан дьиэтигэр «Олоҥхо» уонна «Хомус» декадатын чэрчитинэн «Мин саха оҕотобун» диэн тэрээһин буолан ааста. Күрэххэ Чэриктэй орто оскуолатын улахан сүһүөх оҕолоро «Эрчимэн бэргэн» олоҥхоттон Олоҥхо дьоруойдарын уонна олоҥхо дойдуларын көстүүлэрин фетртан сыһыаран панно оҥордулар. Онтон «Туйаарыма Куо» уонна «Ньургун Боотур» уобарастарын кылаастан биирдии паара толору таҥнан-симэнэн көрдөрдүлэр. 5-6 кылаас оҕолоро… (читать далее)
Сэтинньи ый 7 күнүгэр Улуу Кыайыы 80 сылынан, Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччилэр, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр сылларынан, Ил-эйэ, Сомоҕолоһуу күнүнэн «Бары бииргэ-биир сомоҕо» диэн тэрилтэлэр икки ардыларынан күрэс-кэнсиэрбит буолан ааста. Кэнсиэр 5 түһүмэҕинэн ыытылына: хор(ансаамбыл), үҥкүү(групповой), дуэт, сыаҥка уонна фольклор. Бастакы миэстэни ыллылар «Эрэлчээнэ» оҕо уһуйаанын, ЖКХ коллектива. Иккис миэстэҕэ таҕыстылар Чэриктэй орто оскуолатын… (читать далее)
Бүгүн, алтынньы 29 күнүгэр «Ахтан-санаан ааһыахха, Комсомол көхтөөх кэмнэрин» диэн комсомол күнүн көрсө аҕам саастаах дьоммутугар тэрээһин буолан ааста. «Эдэр сааспыт Комсомол» диэн викторина күрэҕэр бастакы миэстэни ылла Мария Иванова, иккис миэстэ Николай Ларионов, үһүс миэстэ буолла Розалия Горохова. Комсомол тиэмэтигэр пазл хомуйуу күрэҕэр Мария Иванова кыайда. «Дартс» күрэҕэр Михаил Бочкарев кыайыылааҕынан таҕыста. Комсомол кэминээҕи… (читать далее)
Алтынньы 20 күнүгэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах, Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччилэр, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр сылларыгар нэһилиэк тэрилтэлэрин икки ардыгар комплекснай спартакиада саҕаланна. Бастакынан Дартс күрэҕэ буолла. Тэрилтэлэртэн 3 эр киһи уонна биир дьахтар кытыннылар. Бастакы миэстэни ыллылар «Чыпчаал» оскуола коллективын хамаандата, иккис миэстэ администрация коллектывын хамаандата, уонна үһүс миэстэҕэ таҕыстылар «Алдан» оҕо… (читать далее)
Алтынньы ый 18 күнүгэр Саха сиригэр ийэ күнэ бэлиэтэнэринэн ийэлэргэ аналлаах тэрээһин буолан ааста. Ийэлэр «Сөбүлүүр бүлүүдэм» күрэххэ бэйэлэрэ сөбүлээн астыыр эриэккэс саллааттарын астаан аҕалан дьүүллүүр сүбэ иннигэр көмүскээтилэр. Түмүк тахсыытынан бастакы миэстэни ылары ситистэ Евдокия Свешникова, иккис миэстэ Изабелла Охлопкова уонна үһүс миэстэҕэ таҕыста Алена Саввина.Салгыы дартс быраҕыытыгар, түү мээчиги корзинаҕа киллэрии, пирамида уонна… (читать далее)
Бүгүн Алтынньы 3 күнүгэр Аҕам саастаах дьоммутугар аналлаах тэрээһин буолан ааста. Ол курдук бастаан «Тыҥааһыннаах күрэхтэр» диэн Дартс быраҕыытыгар, «Далаһа» остуол оонньуутагар уонна түү мээчиги быраҕыыга биирдиилээн күрэхтэр буоллулар. Тыҥааһыннаах күрэх кэннэ бастакы миэстэни ылла Николай Ларионов, иккис миэстэ Саргылаана Сивцева, үһүс миэстэни ылары ситистэ Наталья Горохова. Ыллам ырыалар ылланылар, таабырыннары, өс хоһооннору таайдылар, эдэр… (читать далее)
Бүгүн балаҕан ыйын 26 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө «Сахам симэҕэ» харысхалы оҥорууга маастар кылаас ыытылынна. Маастар кылааһы үһүс көлүөнэ оскуолатын салайааччыта Агафья Николаевна Горохова ыытта. Ол кэнниттэн «Кини кимий ?» блиц-оонньууга «Көмүлүөк» аҕам саастаах түмсүүлэрэ уонна Чэриктэйдээҕи орто оскуола коллектива кыттыыны ыллылар. Оонньуу түмүгүнэн Чэриктэйдээҕи оскуола коллектива кыайыылааҕынан таҕыста. Кэлэн көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар… (читать далее)