МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САНДАЛЫ" СЕЛЬСКОГО ПОСЕЛЕНИЯ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ НАСЛЕГ"

«Доруобуйа суола» диэн сибиэһэй салгыҥҥа хаамыы

Бүгүн аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн,«Доруобуйа суола» диэн сибиэһэй салгыҥҥа хаамыы кэмигэр айылҕаны, Эбэни сиэрин-туомун тутуһан аһатан, «Сандалы», уостан түспэт ырыаларын ыллаан сэргэхсийэн кэллибит. Хаамыы — бу уһун үйэлээх буолуу, күүс-уох уонна үтүө санаа туоһута. Тэрээһиҥҥэ кыттыспыт аҕам саастаахтартарбытыгар барҕа махтал тылларын этэбит.Эһиэхэ баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, уһун уонна дьоллоох олоҕу! Куруутун маннык эрчимнээх, сэргэх, уонна олоххо дьулуурдаах буолуҥ.