МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САНДАЛЫ" СЕЛЬСКОГО ПОСЕЛЕНИЯ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Сомоҕолоһуу күнүн чэрчитинэн, нэһилиэкпитигэр күүрээннээх оһуохай этилиннэ

Чэриктэй нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэлиэтэнэр Сомоҕолоһуу күнүн чэрчитинэн, нэһилиэкпитигэр күүрээннээх оһуохай этилиннэ . Бу күн кыратыттан кырдьаҕаһыгар тиийэ түмэр, биир санаалыыр ытык үгэспитин тутуһан,илии илииттэн сиэттиһэн үҥкүүгэ тула турдубут . Уопсайа оһуохайга 78 кыттыыны ылла.
Оһуохай сылаас, доҕордуу тыыннаахтык ааста. Бары биир ситимҥэ киирэн, төрөөбүт дойдубут сайдыытын, эйэни уонна түмсүүнү туойдубут,олохтоох инициативаны өйүүр бырагыраамма (ППМИ) кыттыы кытта туойуллан ааста. Бу оһуохай биһигини өссө түмтэ.
Тэрээһиҥҥэ кэлэн көхтөөхтүк кыттыбыт, өбүгэ үгэһин уруйдаабыт күндү нэһилиэкпит олохтоохторугар,эдэр ыччаттарбытыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит!