МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САНДАЛЫ" СЕЛЬСКОГО ПОСЕЛЕНИЯ "ЧЕРИКТЕЙСКИЙ НАСЛЕГ"

Уус-Алдан улууһун дьоруойдарын күнэ.

Бүгүн,о.э балаҕан ыйын 25 күнүгэр Уус -Алдан улууһун Дьоруойдарын күнэ . Чэриктэй нэһилиэгэр Уус Алдан киэн туттар Дьоруойдарын сырдык ааттарыгар дириҥ махталы уонна ытыктабылы бэлиэтиир уот уматан, сибэкки дьөрбөтүн уурдубут.Эйэлээх олох иһин олохторун толук уурбут уонна сыралаах үлэлэрин анаабыт улуу дьоннорбут ааттара өрүү умнуллубат! Кинилэр хорсун быһыылара уонна үтүө ааттара үйэлэргэ уостубат уот буолан сүрэхпитигэр… (читать далее)

Көмүс күһүн -2026

Бүгүн, о.э.бала5ан ыйын 23 күнүгэр нэһилиэкпитигэр «Көмүс күһүн» тэрээһин бэт сэргэхтик ыытылынна. Олохтоохтор сайыны быһа бүөбэйдээн үүннэрбит оҕуруоттарын аһын «Ураты улахан үүнүү » күрэххэ аҕалан кытыннылар. Ол түмүгүнэн, «Саамай улахан кабачок» кыайыылааҕа Агафья Горохова, «Саамай улахан сүбүөкүлэ» кыайыылааҕа Семён Сивцев, «Саамай улахан моркуоп» кыайыылааҕа Любомира Дмитриева, «Саамай улахан хортуоппуй» кыайыылааҕа Мария Босикова. Ону тэҥэ «Күһүҥҥү… (читать далее)

Анал байыаннай дьайыыга бэйэ кылаатын киллэрии

Чэриктэй нэҺилиэгин «Үһүс саас оскуолатын» салайааччыта Агафья Николаевна Горохова салайыытынан, аҕам саастаахтар бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэн Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбытыгар уопсайа 66 устуука флис бэргэҺэ, 19 устуука кээнчэ уонна 100 устуукахарысхал наборун оҥорон республикатааҕы уопсастыбаннай «Якутия с тобой» хамсааһын ыстаабыгар туттарабыт. Уопсайа 39700 солк хомуллан нэһилиэкпит дьоно, биир дойдулаахтарбыт өйөөн матырыйаал ылыллан тигилиннэ. Бары көмөлөспүт… (читать далее)

«Чэбдигирдэр сүүрүү»

Балаҕан ыйын 9 уонна 10 күннэригэр Чэриктэй нэһилиэгэр «Чэбдигирдэр сүүрүү»ыытылынна.Икки күн устата күргүөмүнэн уһуйаан иитиллээччилэрэ,оскуола оҕолоро,тэрилтэ үлэһиттэрэ,бэтэрээннэр,спорду сэҥээрээччилэр бары 15.00 киэһэ 18.00 ч диэри ким хааман,ким сүүрэн жетон хомуйан ол түмүгүнэн кыайыылаахтар быһаарылыннылар.Уһуйаан иитиллээччилэрэ:1м кыргыттарга Румянцева Амелия,2м Дмитриева Кэрэли уонна 3 м Сивцева Уйгууна.уолаттарга 1м Ярик Шергин,2 м Тимур Карманов уонна 3м Арсен Саввин.Оскуола оҕолоругар… (читать далее)

Үрүҥ тунах ыһыах — 2026

Чэриктэй нэһилиэгэр бэс ыйын 21 күнүгэр Үрүҥ Тунах ыһыах буолан ааста. Алгыс түһэн дьоммут- сэргэбит самаан сайыммыт уйгулаах ыһыаҕын үөрэ- көтө көрүстүбүт. Ыһыах буолан баран биллэн турар араас элбэх күрэх буолла, онно бириис туруорбут биир дойдулаахтарбытыгар, бииргэ бултуур до5отторбутугар истиҥ махталбытын тириэрдэбит. Уопсай призовой фонд 260 -ча тыһыынча солкуобай буоллаБириис туруорбут дьоммут списоктора:1.Шадрин В.И 30,000рб2.Румянцев… (читать далее)

Оһуохай күнэ

Бүгүн ыам ыйын 25 күнүгэр Арассыыйа норуоттарын култууратын үйэлээх баайын эбийиэгэ саха төрүт үҥкүүтэ «Оһуохай» күнэ буолла. Күргүөмүнэн оһуохай тылын таһаарда Любовь Афанасьевна. Чэриктэй орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, Арина Лукачевская, Айысхан Бочкарев, Айхаана Дмитриева, Полина Борисова буолан оһуохай тылын таһааран дьиэрэттилэр.Кэлэн кыттыыны ылбыт оҕолорбутугар барҕа махтал буолуохтун!

Ньукуолун -2026

Ньукуолун күнүнэн,Самаан сайын кэлбитинэн,Илгэ-быйаҥ саҕаламмытынан,Чээл күөх окко үктэммиппитинэн,От-мас чэлгийбитинэнИтии-истиҥ эҕэрдэ! Ыам ыйын 23 күнүгэр, ыҺыахтыыр сиргэ, күөххэ үктэммит үөрүүлээх, самаан сайыны көрсөр күүтүүлээх күнэ – Ньукуолун бырааһынньыга буолан ааста .Алгыстаах алаадьынан , өргөҺөлүү буспут кус миининэн күндүлээтибит. Бары байанайдаах эр дьоммутугар бука бары нэҺилиэк олохтоохторун , уонна олохтоох дьаҺалта аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит!!! Кус биэрбит… (читать далее)

Кыайыы күнэ.

Ыам ыйын 9 күнүгэр Чэриктэй нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 81 сылын көрсө «ӨЙДҮҮБҮТ! СҮГҮРҮЙЭБИТ! МАХТАНАБЫТ!» тэрээһиммит ыытылынна. Нэһилиэкпит баһылыга Федор Альбертович Карманов тыыл, үлэ бэтэрээннэрин, сэрии кэмин оҕолорун Улуу Кыайыы 81 сылынан эҕэрдэлээтэ уонна бэлэхтэри туттартаата. Тэрилтэ салайааччылара тыл этэн сэрии кэмин оҕолоругар бэлэхтэрин туттартаатылар. Монумеҥҥа кыһыл гвоздика дьөрбөтө ууруллунна. Кыайыы күнүн уруйдаан Виктор Федорович Афанасьев-Алданскай… (читать далее)